Детский сад "Кустук" с. Майя Мегино-Кангаласского улуса Республики Саха (Якутия)
День рождение детского сада
16 - 24 декабря
Уйэ чиэппэрэ о5о туьугар.<?xml:namespace prefix = o ns = "urn:schemas-microsoft-com:office:office" />
1989 сыл ахсынньы 24 кунугэр 50 миэстэлээх «Кустук» о5о тэрилтэтэ аьыллан кырачаан иитиллээччилэригэр аанын аспыта. МПМК эргэ хонтуоратын улэьиттэр бэйэлэрин илиилэринэн аныгылыы оноьуулаах, сиэдэрэй ойуулаах о5о сада гына онорон таьаарбыттара. Бастакы сэбиэдиссэйинэн Саха Республикатын уэрэ5ириитин туйгуна, урдук категориялаах педагог Лия Георгиевна Шахурдина ананан, элбэх кыьамньытын ууран, биир сыаллаах-соруктаах иллээх улэьит коллективы тэрийбитэ. Иитээччилэринэн улэлээбиттэрэ - Иванова Людмила Константиновна, Долгунова Устинья Семеновна – кыра блхх, Белолюбская Федора Семеновна, Захарова Галина Андреевна - улахан белеххе, физругунан – Анисимова Ирина Егоровна, музыкальнай салайааччынан - Семенова Капиталина Константиновна, медсестранан - Пономарева Анастасия Ивановна, завхоьунан - Охлопкова Прасковья Николаевна, иитээччи кемелеьееччулэринэн- Игнатьева Ольга Николаевна, Егорова Нина Иннокентьевна, Борисова Клавдия Егоровна. 1990-1991 сылларга улууска бастакынан «Кустук» о5о саадыгар 5 миэстэлээх дьиэтээ5и филиал аьыллыбыта. Бастакы са5алааччынан педагогическай улэ ветерана, бастакы категориялаах иитээччи Прасковья Семеновна Башарина буолар.
1991-92 уэрэх дьылыгар эбии иккис 10 миэстэлээх дьиэтээ5и филиал аьыллыбыта. Иитээччилэринэн Васильева Полина Титовна, Саввина Зинаида Трофимовна анаммыттара.
1991 сыллаахха детсадка сайынны бассейн аьыллан о5о- аймах уеруутэ уксээбитэ. О5ону эт-хаан ертунэн эрчийэр улэ угустук барбыта. 1996 сыллаахха экологическай студия тэриллибитэ, салайаачынан «Айыл5а о5ото» программа автордарыттан биирдэстэрэ Романова Анна Николаевна ситиьиилээхтик улэлээбитэ.
1998 сыллаахха сэбиэдиссэйинэн эдэр эрчимнээн педагог Иванова Людмила Константиновна ананан кэлбитэ. Бу сылларга о5о садын иитэр - уерэтэр улэтэ художественно- эстетическэй хайысхаламмыта, сана тэриллибит изостудияны опыттаах иитээччи Белолюбская Федора Семеновна салайбыта.
1999 сыллаахха салайар улэ5э дьо5урдаах Скрябина Альбина Афанасьевна сэбиэдиссэйинэн ананар. Улэ сурун хайысхатын тутуьан, детсад эстетическай кэстуутун тупсарыыга ылсан улэлиир. Детсад музыкальнай салайааччытынан Российскай Федерация уерэ5ириитин туйгуна, Хара нэьилиэгин бочуоттах гражданина Клавдия Ивановна Рожина элбэх кылаатын киллэрбитэ. Детсад иьинэн «Кустукчаан» ансамбылы тэрийэн улэлэппитэ. Кини уерэтэр о5олоро республикатаа5ы «Хотугу сулус» конкурс кыттыылаахтара, улуустаа5ы «Чугдаарар чуорааннар» конкурс лауреаттара, дипломаннара. 2001 сылга улуустаа5ы уерэх управлениета уонна улуустаа5ы доруобуйа харыстабылын сэбулэннэринэн «Кустук» о5о саадын биир группатыгар эбии харахтарынан мэлтэхтук кэрэр о5олорго аналлаах коррекционнай группа аьыллыбыта. Итээччилэринэн Белолюбская Ф.С., Дьяконова Ф.М. улэлээбиттэрэ. Сана штаттар эбиллибиттэрэ, ол курдук: врач – офтальмолог - Бурнашова Римма Семеновна, медсестра-ортоптистка - Скрябина Софья Алексеевна, логопедынан - Платонова Мария Владимировна, психологынан - Гаврильева Алена Васильевна, методиьынан- Захарова Альбина Романовна анаммыттара. Коллектив иннигэр сана улэ ньымаларын кэрдээьун, бэйэни уэрэтинии, сайыннырыы, ону олоххо киллэрии соруктара куускэ турбуттара. Харахтарынан мэлтэх о5олору эмтииргэ, коррекциялыырга ирдэниллэр усулуобуйаны барытын сэптээхтук тэрийэр улэлэр са5аламмыттара. Убулуэйдээх сылга детсадка 23 улэьит, ол иьигэр 12 педагог улэлиилэр. 2008 с. салайааччынан улэлиир Гаврильева А.В., 2011 с. методиьынан улэлиир С уэрэ5ириитин туйгуна Ларионова М.Н. Детсад куннэ5и улэтин-хамнаьын тэрийсиигэ элбэх сыратын биэрэн улэлиир завхоз Чирикова А.Ф., ис-тас улэ5э Егоров Иван Иннокентьевич сылдьар, охранниктарынан утуо суобастаахтык улэлииллэр Васильев Игорь Прокопьевич, Толстяков Михаил Михайлович. О5олорбутун минньигэс астаах повардар, р сылларга улэлээбит кыьамньылаах Афанасьева Любовь Семеновна уонна Сивцева Дора Гаврильевна астаан аьаталлар. 2011 – 2012 уэ.с. тумугунэн улууска «За успешную работу финансово-экономической деятельности» сертификат ылары ситиспиппит. 2013 уэ. с. тумугунэн улууска «Лучшая образовательная программа» номинацияны ылбыппыт. «Кустук» детсадка 70 о5о сылдьар, кинилэр саастарынан ус белеххе арахсаллар. Кыра белех (дьиэтээ5и филиал) иитээччилэринэн улэлииллэр: С рэириитин туйгуна, Полина Титовна Васильева уонна Назарова Надежда Егоровна, иитээччи кемелеьееччутунэн улэлиир Митрофанова Октябрина Петровна. Кинилэр сана кэлбит кып-кырачаан о5олору бэйэ-бэйэлэрин кытары алтыьарга, кэпсэтэргэ оонньуу кеметунэн уерэтэллэр. Орто-улахан группа5а иитээччилэринэн улэлииллэр ер сылларга о5о иитиитигэр улэлээбит, уопуттаах, маннайгы категориялаах иитээччи Устинья Семеновна Долгунова, «За вклад в развитие дошкольного образования» знак хааайката, иитээччи Галина Васильевна Уваровская уонна иитээччи кемелеьееччутунэн ер сылларга улэтигэр бэриниилээхтик улэлии сылдьар Антонина Романовна Уваровская. Улахан уонна бэлэмнэнии белех группатыгар иитээччилэринэн улэлииллэр Саха Республикатын уерэ5ириитин туйгуна, Майа нэьилиэгин бочуоттаах гражданина, урдуку категориялаах иитээччи Федора Семеновна Белолюбская уонна улуустааы «Воспитатель года 2012» конкурс лауреата, иитээччи Февронья Михайловна Дьяконова, иитээччи кемелеьееччутунэн улэлиилэр Евдокия Николаевна Захарова, Дария Николаевна Шестакова. Изостудия салайааччытынан урдуку категориялаах иитээччи Мира Назаровна Вырдылина улэлиир. Улууска сыллата ыытыллар араас уруьуй конкурстарыгар Мира Назаровна уерэтэр о5олоро куруутун лауреат, дипломант аатын ылаллар. Ырыа-ункуу кэрэ абыланыгар уьуйар Айталина Юрьевна Степанова, эттэрин-сиинэрин чэбдигирдэр физрук Захарова Анна Афанасьевна. О5о тылын кеннерен уерэтиигэ урдуку категориялаах логопед- учуутал Елена Николаевна Титова улэлиир. Елена Николаевна 2007 сылтан улуустаа5ы логопедтар тумсуутун салааччыта. О5о уйул5атын харыстааьын, о5ону оскуола5а бэлэмнээьин уонна сайыннарыы лэтин иилээн саалаан илдьэ сылдьар педагог-психолог Саха Республикатын уерэ5ириитин туйгуна, Россия уопсай уерэхтээьинин бочуоттаах улэьитэ Альбина Афанасьевна Скрябина. Ветеран улэьиттэрбит Рожина Клавдия Ивановна, Лиханова Любовь Петровна, Романова Анна Николаевна, Старостина Валентина Алексеевна биьиэхэ куруук субэ-ама буолаллар.
Иитэр-рэтэр лэ 2 срн хайысханан ыытыллар: художественно- эстетическай уонна мэлтэхтук кэрэр о5олору эмтээьин уонна коррекциялааьын. О5олор сыллата улууспутугар ыытыллар «Удьуор утума» конкурска бастакы-иккис миэстэ, «Самый умный дошкольник» курэскэ уьус миэстэ, «Чобуо чооруостар» конкурска лауреат, дипломант буолаллар. “Кырачаан олохоут” улуустаа5ы курэххэ “Сээнньит” номинация, «Окно в науку» курэскэ «Ча5ылхай араатар» номинация хаьаайыттарын аатын ылбыттара. Улуус библиотекатыгар ыытыллар суруйааччылар, поэттар юбилейдарыгар аналлаах курэстэргэ кыттан куруук миэстэлэьэллэр. 2014 с. «Бриллиантовые нотки» республиканскай конкурска фольклорнай номерынан кыттан, о5олорбут лауреат урдук аатын ылбыттара, салайааччы Степанова А.Ю. Иитээчилэр улууска ыытыллар «Фестиваль педагогических идей», Педагогическай аа5ыылар курэхтэргэ сыллата кыттан, бириистээх миэстэлэргэ тиксэн, опыттарын тар5аталлар, угускэ уэрэнэллэр. 2010, 2011, 2012 сс. региональнай хабааннаах научно-практическай конференцияларга детсад улэтин опытын мастер-класстары ыытан тар5аппыта. “Сельская школа. Образовательная марка -2012» IX республиканскай ярмарка5а педагогтар Захарова А.А., Вырдылина М.Н., Титова Е.Н. ситииьиилээхтик кыттыбыттара. Аныгы олох сиэринэн иитээччилэр араас интернет курэхтэргэ эмиэ куустэрин кыахтарын холоноллор. Ол курдук педагогтар Вырдылина М.Н., Титова Е.Н. «Лучшее для ДОУ» бутун россиятаа5ы интернет-конкурс кыайыылаахтара буолбуттара. 2009 с. Федеральнай эксперименна кыттан, детсад сана формаларын, моделларын кэрдээьун улэтэ куускэ ыытыыллыбыта (Федеральная экспериментальная площадка по апробации вариативных организационных моделей и форм дошкольного образования - «Детский сад общеразвивающей направленности семейного вида в муниципальном ДОУ») Угэскэ кубулуйбут улуустаа5ы «Хабылык», «Хаамыска» сахалыы остуол оонньууларыгар курэх, 2012 с. иитээччилэргэ уонна о5олорго ыытыллар. 2013 с. федеральнай государственнай уэрэ5ирии стандартын киллэриигэ пилотнай детсад буолбута. Бу чэрчитинэн иитээчилэр Дьяконова Ф.М., Степанова А.Ю. опыттарын республиканскай саминарга тархаппыттара. Оскуола5а киириэн иннинээ5и саастаах о5олору иитии-уэрэтии сана ньымаларын кэрдээн, олоххо киллэрэргэ суоллары тобулан улэлии – хамсы сылдьабыт.
|
Сайт размещён на портале МААМ. Используя МААМ принимаете Соглашение и Обработку данных.